ахаха Бугун биир кыыһы көрөн сүрэхпэр астардым онтум:тыраахтыр анныгар түбэспит көстүрүүлэ курдук төбөлөөх, ол төбөтүгэр холорук бугулу ыспытын курдук баттахтаах, икки хамыйах курдук кулгаахтаах, алдьаммыт кыраан курдук муннулаах, нэк буолбут андаатар тириитин курдук хаастардаах, буспатах сымыыт курдук харахтардаах, сылгы үөрэ то5ута көппүт штакетник-олбуорун курдук тиистэрдээх,дьэдьэннээх хонуу курдук сирэйдээх,сүнньүн тосту түспүт куба курдук моойдоох,сампаан бытыыкката субуруйан туспутун курдук саннылаах,тосту бэрдэрбит мутук курдук түөстээх, аллараа дойду иирэ хаппыт маһын курдук илиилэрдээх, илиилэригэр арамачыыстаабыт тураах атаҕын курдук тарбахтардаах, саҥардыы сымыыттан тахсыбыт чаччыгыныар оҕотун иһин курдук истээх, үллүбэтэх тиэстэ курдук эмэһэлээх, оҕуһу миинэн төрөөбут курдук атахтардаах, онтуката ырыганнаан өлбүт борооску буутун курдук бууттардаах, эһэ баппа5айын курдук лапчааннардаах.таҥныбыт таҥаһа да эриэхэбэй:сүөһү ыстаан баран силлээн кэбиспитин курдук сэлээппэлээх,а5ыс сылы быһа сарайга сыппыт курдук сараппааннаах, аччыктаан айаҕын аппыт балык курдук түүпүлэлээх, духуутун сыта биэс миэтэрэ иэннээх сиргэ сахсыр5аны өлөрөр. Маннык кэрэ бэйэлээх Саха Кынталдьыйа Куо аттыбынан парализованнай кузнечик курдук ыстаналаан ааспытыгар мэйиим эргийэн, сүрэ5им көбүөлээн, хара5ым ирим-дьирим баран туран хааллым...